Уолбуттааҕы "Эйгэ" сынньанар киинигэр "Дерево памяти" диэн Кыайыы 80 сылыгар аналлаах Акция буола турар. Сылдьыбыт ыалдьыттар, биллиилээх дьоннор Токо оройуонуттан Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт биир дойдулаахтарбыт суруллубут ааттарын бу маска ыйыыллар. Ол курдук бүгүн улуус баһылыга Харбин Н.Н. акцияҕа кытынна.
Олохтоохтор, оҕолор кэлэҥҥит Акцияҕа кыттаргытыгар ыҥырабыт.